Уважаемые якутяне!
От имени руководства Республики Саха (Якутия) и от себя лично сердечно поздравляю вас с национальным праздником Ысыах! Үрүҥ Тунах Ыһыаҕынан!
Ысыах для нас, якутян, главный праздник, объединяющий всех жителей нашей многонациональной республики. Это яркий пример сохранения и продолжения культурных, исторических и духовных традиций народа саха. В ысыахе отражается вся красота души, стремление к миру и взаимопониманию между людьми, сближению культур.
Ысыах Олонхо по традиции принимают улусы республики. В год 100-летия Якутской АССР юбилейный XV национальный праздник Ысыах Олонхо мы проводим в Верхневилюйском улусе. Жители и гости республики увидят и услышат исполнение якутского эпоса олонхосутами, станут участниками традиционных обрядов народа саха – встречи солнца, кумысопития, благословления и очищения.
На празднике показывают постановку спектакля-олонхо «Хардааччы Бэргэн» по мотивам произведения Андрея Титарова и театрализованное представление по мотивам произведения К.Н. Никифорова-Лөкөчөөн «Хабыр киирсиилээх Хабытта Бэргэн».
Ключевым событием Ысыаха Олонхо стал IV международный фестиваль «Встреча шедевров ЮНЕСКО на Земле Олонхо», посвященный культурному наследию народов России и мира. Представители регионов России и стран-участников фестиваля ознакомили якутян и гостей с нематериальными формами культуры народов мира – от языческих обрядов, фольклора до театрального искусства.
В рамках ысыаха в Верхневилюйске проводятся первый республиканский марафон художественного чтения олонхо П.А. Ойунского «Ньургун Боотур стремительный», конкурсы запевал осуохая, конского убранства, рок-концерт живой музыки «Хотой Айыы», зрелищные соревнования по национальным видам спорта, в том числе национальное многоборье среди юношей и мужчин.
Дорогие земляки и гости республики!
Пусть Ысыах зарядит Вас энергией и бодростью на целый год! Пусть этот год будет плодородным! Искренне желаю Вам здоровья, благополучия и успехов!
Уруй -туску! Айхал - мичил!
Глава Республики Саха (Якутия) А.С. Николаев
* * *
Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан Үрүҥ Тунах ыһыаҕынан ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин!
Ыһыах биһиэхэ, Саха сирин олохтоохторугар, элбэх омуктаах өрөспүүбүлүкэбитин түмэр сүрүн бырааһынньыкпыт, саха норуотун култууратын, устуоруйатын уонна духуобунай үгэстэрин чөл хаалларыы, утумнааһын чаҕылхай туоһута буолар. Ыһыах киһи кэрэ дууһатын, илгэ-эйэҕэ, бэйэ ыккардыгар өйдөһүүгэ дьулуурун, култууралар дьүөрэлэһиилэрин ырылхайдык көрдөрөр.
Үгэс быһыытынан Олоҥхо ыһыаҕын өрөспүүбүлүкэ улуустара ыыталлар. Саха АССР 100 сылыгар анаммыт ХV үбүлүөйдээх Олоҥхо Ыһыаҕа Үөһээ Бүлүү улууһугар буола турар. Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо уонна ыалдьыттара олоҥхоһуттары истэллэр, күнү көрсүү, кымыһы иһии, арчыланыы, алгыс көтөҕүү сахалыы сиэригэр-туомугар кытталлар. Бырааһынньыкка Андрей Титаров айымньытын матыыбынан “Хардааччы Бэргэн” испэктээги уонна К.Н. Никифоров-Лөкөчөөн “Хабыр киирсиилээх Хабытта Бэргэн” айымньытын матыыбынан театрализованнай оонньууну көрдөрүөхтэрэ.
Олоҥхо ыһыаҕар Россия уонна аан дойду норуоттарын култуураларын үйэлээх баайыгар аналлаах “Олоҥхо сиригэр ЮНЕСКО шедеврдарын кытта көрсүһүү” норуоттар икки ардыларынааҕы IV фестиваль сүрүн миэстэни ылар. Россия регионнарын уонна фестивальга кытта кэлбит дойдулар бэрэстэбиитэллэрэ айылҕаҕа сүгүрүйүү сиэриттэн-туомуттан уонна фольклортан саҕалаан тыйаатыр искусствотыгар тиийэ аан дойду норуоттарын култуураларын тылынан уонна өйүнэн айыллыбыт көрүҥнэрин олохтоохторго уонна ыалдьыттарга билиһиннэрэллэр.
Ыһыах чэрчитинэн Үөһээ Бүлүүгэ П.А. Ойуунускай “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхотун уус-уран ааҕыы өрөспүүбүлүкэтээҕи бастакы марафона, оһуохайы таһаарааччылар, ат киэргэлин куонкурустара, “Хотой Айыы” тыыннаах музыка рок-кэнсиэрэ, спорт национальнай көрүҥнэринэн күрэхтэһиилэр, ол иһигэр уолаттарга уонна эр дьоҥҥо илии-атах оонньуутун күрэхтэһиитэ тэриллэллэр.
Күндү биир дойдулаахтарым уонна өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо!
Ыһыах эһиэхэ сыллааҕы эрчими эптин, сэргэхситтин! Өҥ дьыл буоллун! Ис сүрэхпиттэн чэгиэн туругу, этэҥҥэ буолууну уонна ситиһиини баҕарабын!
Уруй-туску! Айхал-мичил!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана А.С. Николаев
22.06.2022 09:13:00 +1100
Комментировать